29.11.2020
Аҕам бэйэтэ этэринии – олоҕо окко түһүөҕүттэн очурдаах, этэрбэс кэтиэҕиттэн эрэйдээх, сон кэтиэҕиттэн сордоох. Олус түҥкэтэх сиргэ төрөөн, эрдэ тулаайах хаалан, бэлэскэ угар туһугар бэдьэйэ сүүрэн, айахха угар туһугар атара сиэлэн, элбэҕи, эриэккэһи айыахтаах хаарыан көмүс сылларын сүтэрбитин муҥатыйара, ахтара. Кыыс кэрэ арылы-мичил, аан ньургун тыытыллыбатах тыйыс айылҕалаах, араҥас былыттыын аалсыһар, адаар таас Дьугдьуур хайалаах, Аламай маҥан күн бүөмнээн умсаахтыыр-сөтүөлүүр Талба уол Алдан өрүс урдүгэр Уодьаҥа диэн өтөххө күн сирин көрбүт эбит